Войти в почту

Сунтаарга «Идэһэ-2016» дьаарбаҥка буолла

Сунтаарга «Олоҥхо» этно-култуурунай кииҥҥэ «Идэһэ-2016» дьаарбаҥка буолла. Сэргэх тэрээһиҥҥэ Элгээйи өттүнээҕи нэһилиэктэр суол тура илигиттэн мэһэйдэтэн кыайан кэлбэтилэр. Онтон Хочо өттүттэн улахан да, кыра да хаһаайыстыбалар киирэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Дьон-сэргэ тоҕуоруспут үөрүүлээх күнүгэр атаҕынан да, эттэммит да убаһа, ынах этэ, үрүҥ иһэ, бэйэ астаабыт, бэлэмнээбит аһа-үөлэ дэлэччи тардылынна. Бу күн ынах этэ, убаһа үрүҥ иһэ, хаана атыыга хамаҕатык барда. Атыыга-тутууга кыттыһа мустубут бар дьоннорун улуус баһылыга Анатолий Григорьев, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иван Тихонов, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр сэтинньи 18 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын күнэ ыытылларын, онно былааннаммыт улахан дьаарбаҥкаҕа улуус бары нэһилиэктэрэ кыттыахтаахтарын, ас-үөл арааһа бу курдук дэлэччи тардыллара күүтүллэрин иһитиннэрдилэр. 1 из 2

Сунтаарга «Идэһэ-2016» дьаарбаҥка буолла
© ЯСИА.RU