Улуус олоҕо: Кытыы сиргэ айан суолун, тиэйии-таһыы үлэтин кыһалҕалара
Кытыы сир кыһалҕата элбэх. Саамай тыын суолталааҕынан — айан суола, тиэйии-таһыы үлэтэ буолар. Ааспыт нэдиэлэҕэ «Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн бу тиэмэ тула кэпсэттибит. Медиа-кииҥҥэ буолбут төгүрүк остуолга туһааннаах тэрилтэлэр, улуус хаһыаттарын суруналыыстара, нэһилиэк баһылыктара, депутаттара кыттыыны ыллылар. «Саха сирэ» хаһыат иилээн-саҕалаан ыытта. Хотугу суоллар Николай Попов, хотугу суоллары көрөр «Дороги Арктики» судаарыстыбаннай тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы: Ыйытыы: Хоту уонна Арктика улуустарыгар, чуолаан Халыма туһаайыытынан, хаар олус халыҥнык түһэн кыһалҕалары үөскэттэ. Ханнык үлэни ыытаҕытый? Н.П.: Хоту олус сылыйа сырытта. Черскэйгэ +5 кыраадыс кытта буолбута. Халыма улуустарын суолларын биһиги тэрилтэбит көрбөт. Халыма суолларын чааһынай тэрилтэлэр тендери кыайан, хааччыйаллар. Судаарыстыбаттан бэдэрээт ылан үлэлииллэр. Бу улуустар суолларын сыыйа бэйэбитигэр ыларбыт буолуо. Дьон-сэргэ ону ирдиир. Билиҥҥи туругунан 125 техникалаахпыт. Халыма улуустарын суолларын ыллахпытына, өссө эбиниэхпит. Ыйытыы: Чааһынайдар үлэлэрин дьон тоҕо астымматый? Н.П.: Чааһынайдар олус эргэ, ааспыт үйэ 80-90 сыллардааҕы техникаларынан үлэлии сылдьаллар. Бу техникалар үгүстэрэ бэйэлэрин үлэлиир болдьохторун икки-үс бүк куоһардылар. Ол иһин кыайбаттар, хаары анньар кэмҥэ оннук тыраахтырдар алдьаналлара биллэр. Дьон онтон эрэйдэнэр. Иккиһинэн, чааһынай урбаанньыт барыыска үлэлиир. Оттон, биһиги судаарыстыбаннай тэрилтэ буолабыт. Техникаларбыт саҥалар, барыыска үлэлээбэппит — сэлээркэ куттубут, хамнас баар буолла да бүттэ. Салгын транспора Аллараа Халыма суруналыыһа Алексей Курило: Аллараа Халымаҕа Андрюшкиноттан Черскэйгэ бөртөлүөтү уматык суох аатыран көтүппэтилэр? Алексей Борисов, Тырааныспар министиэристибэтин салгын суолун салаатын начальнигын солбуйааччы: — Уматыктара баарынан баар эрээри, ГОСТ ирдэбиллэригэр эппиэтээбэтэ билиннэ. Аналиһа мөлтөх буолан бобуллубута хас да ый буолла. Эрдэ, «Саханефтегазсбыт» аҕаларыгар, састааба үчүгэй этэ. Туохтан итинник тахсыбыта биричиинэтэ билигин биллибэт. Ньургустаана Атласова, «Полярные Авиалинии» авиахампаанньа коммерческай дириэктэрин солбуйааччы: — Орто Халымаҕа биһиги биир бөртөлүөттээхпит. Чугастааҕы бары улуустары барытын манан хааччыйар. Улуус иһигэр эмиэ көтөр. Билигин сөптөөх уматык суох эрэ буолан көппөккө турабыт. Бэйэбит өттүттэн бэлэммит. Бүлүү кытыы нэһилиэктэрин кыһалҕалара Айал Новиков, Бүлүү улууһун I Күүлэт нэһилиэгин баһылыга: — Бүлүү улууһугар биһиги түөрт нэһилиэк (I Күүлэт, II Күүлэт, Тылгыны, Үгүлээт) Өлөөнү, Эдьигээни кытта быысаһа сытабыт. Сайыҥҥы суол суох, өрүс устун сылдьабыт. Бэс ыйыттан саҕалаан алтынньыга диэри уу суола эрэ баар. Төһө да кыһалҕалаахтык олордорбут, Тырааныспар министриэристибэтигэр суолбутун миэстэлэринэн оҥоруутун уонна понтон муоста туруоруутун иһин махтабын. II Күүлэккэ чааһынай маҕаһыын диэн суох. Потребкооператив эрэ ас таһар. Сороҕор быстарыылар кытта буолааччылар. Биһиэхэ, I Күүлэт нэһилиэгэр, «Ирбис» наада. Биэриэххит дуо? Семен Коркин, СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин уу тырааныспарыгар отделын начальнига: — Өрөспүүбүлүкэҕэ уу суолун ханнык линиялара баалларын чопчу билэбит. Баларынан рейстэри олохтуубут. Аҕыйах сыллааҕыттан улуустарга кыра катердары атыылаһан биэрэн саҕалаатыбыт. Усуйааналар маны үчүгэйдик туһана сылдьаллар дии саныыбыт. Муниципальнай тэрилтэ тэринэн, катеры онно биэрэн сокуоннай таһааччы быһыытынан үлэлэтэллэр. Улуус иһинээҕи таһыы, дьиҥэр, муниципалитет боломуочуйата («кыһалҕата» диэн өйдүөххэ сөп — аапт). Бастаан Арктика иһин быһааран баран кыһалҕалаах Бүлүү улуустарыгар тиийиэхпит. Кэбээйи кэннэ былааннар Ыйытыы: Былааннаммыт урутаан тутуллар суоллар (Уус Майа, Кэбээйи) 2020 сылга бүттэхтэринэ, ханнык улуустар суолу кэтэһиэхтэрин сөбүй? Анатолий Григорьев, «СӨ массыына суолун көрөр управлениета» казеннай тэрилтэ гендириэктэрин бастакы солбуйааччы: — Ил Дархан Егор Борисов быһаарыытынан, өрөспүүбүлүкэ суолларыттан икки урутаан тутуллар хайысхалар бааллар — Уус Майа уонна Кэбээйи суоллара. Балар 2019-ка тутуллан бүттэхтэринэ, атын хайысхаларга киириэхпит. Томпо Дьабарыкы Хайатыгар диэри суолу, Хаҥалас уонна Өлүөхүмэ быысаһыыларын тутуу былааҥҥа баар. Эдьигээн Стрекаловкатын муостата Алексей Матвеев, «Эдьигээн уоттара» хаһыат эрэдээктэрэ: Эдьигээн сэлиэнньэтин Стрекаловка үрэҕин муостатын хаһан уһатаҕыт? Саас уу кэллэҕинэ, муостабыт үрэх икки кытылын булбаттар. Техника да киһи да кыайан туораабат. Анатолий Григорьев, «СӨ массыына суолун көрөр управлениета» казеннай тэрилтэ гендириэктэрин бастакы солбуйааччы: — Ити понтоннай муостаны биһиги управлениебыт туруорбута. 90 миэтэрэ усталаах. Бүлүү суолугар муоста тутуллан босхоломмутугар илдьибиппит. Саҥа отсектары көрдүү сылдьабыт. Владивостоктан, Хабаровскайтан атыылаһыахпыт. Уустуга диэн, балар ГИМС-ка, эмиэ уу аалын курдук, учуокка туруохтаахтар. Докумуонун эккирэтиитэ эрэйдээх соҕус. Сыанатыгар сөбүлэстэхпитинэ, атыылаһан Эдьигээҥҥэ туруоруохпут. Үрүҥ Хайа суола Ыйытыы: Үрүҥ Хайа — Сааскылаах өрүс суолун кыра тонналаах массыыналарга эрдэ аһарга олохтоохтор туруорсаллар. Бу төһө кыаллар боппуруоһуй? Анатолий Григорьев, «СӨ массыына суолун көрөр управлениета» казеннай тэрилтэ гендириэктэрин бастакы солбуйааччы: — Ленскэй — Мирнэй — Өлөөн — Үрүҥ Хайа суолу барытын «АЛРОСА» хампаанньа «Мирнинское управление автомобильных дорог» (аатырбыт «МУАД» — аапт.) тэрилтэтэ көрөр. «Анаабыр Алмаастара» тэрилтэ суолу тутар тэрилтэтэ кинилэртэн суббэдэрээккэ ити учаастагы (Береговой — Үрүҥ Хайа) ылан үлэлиир. «Кыра тонналаах массыыналарга эрдэ аһыҥ» диэни өрүү истэбин. Уопсайынан, өрүс суолун уонна өрүһүнэн туоруур суолу арааран өйдөөҥ. Устатынан бардахха, халыҥа араас буолар. Барытынан уйар эрэ буоллаҕына, тааҥныыр куттала аастаҕына эрэ аһыллыахтаах. Суолу аһарга техника ыйааһынын икки бүк уйар гына халыҥыахтаах. Кыра сөмөлүөттэр Бүлүү улууһун II Күүлэт баһылыга Светлана Игнатьева: — Биһиэхэ суол кутарга кумах суох, маны таһыыга ыарахаттары көрсөбүт. Улууспут киинигэр киирэргэ 2-3 киһини көтүтэр сөмөлүөттэр наадалар. Отчуот кэмигэр хаста да эппиппит. Василий Чин-Фю,»Полярные Авиалинии» генеральнай дириэктэрин солбуйааччы: — Билигин баар кыра кээмэйдээх сөмөлүөттэрбитин урут доллар курса кыра эрдэҕинэ ылбыппыт. Кэлин швейцарскай «Пилатус» сөмөлүөтү атыыласпыппыт, ол билигин Орто Халымаҕа үлэлиир. Кыһынын -47 кыраадыс тымныыга диэри көтүөн сөп эрээри, харыстыыбыт, өссө чинчийэбит. Россияҕа кини бастакы, ол иһин сыыйа кыраадыһын тулуйуутун бэрэбиэркэлээн иһиэхпит. Маннык кыра сөмөлүөттэри ылан улуустар истэригэр көтүтэр баҕа баар. Ыарахан сыаналаах билиэт Ыйытыы: Авиабилиэт хотугу улуустарга тоҕо наһаа ыараханый? Василий Чин-Фю,»Полярные Авиалинии» генеральнай дириэктэрин солбуйааччы: — Холобур, Эбээн-Бытантайы ылан көрүөххэ, манна авиабилиэт сыаната 20 000 солк. Мантан авиахампаанньаҕа 6000 солк. кэлэр. Атына барыта — уматык, аэропорт хомуура, метео өттүнэн хааччыйыы төлөбүрэ, аэронавигация өҥөтө. Онон биһиги кыччатар буоллахпытына, бэйэбит алта тыһыынчабытыттан эрэ сарбыйар кыахтаахпыт. Холобур, 3000 түһэрдэхпитинэ да, дьон улаханнык кыччаата диэ суоҕа. Уматыгы антах «Саханефтегасбыт» таһар. Сылга 100 тоннаны эрэ илдьэр кыах баар. Ол иһин мантан элбэҕи куттан барарга күһэллэбит, 15 пассажиры көҕүрэтэн туран. Биһигини «Бурятские авиалинии» хампаанньанан сирэй-харах анньааччылар. Кинилэр сайыҥҥы эрэ өттүгэр көтөллөр, муус устартан балаҕан ыйыгар диэри. Ороскуоттара кыра, билиэттэрэ 13-16 тыһ. солк. Биһиги кыһыннары-сайыннары, пассажир баар буоллун, суох буоллун көтөбүт. Ол иһин барыспыт кыччаан тахсар. «Занятость кресел» диэн өйдйбүл баар, биһиэхэ онтубут 50% эрэ, кинилэргэ лаппа үрдүк. Күһүн хомунан баран хаалаллар, кыһыҥҥытыгар кыһаллыбаттар. «Төҥүлү — Чурапчы» учаастага Ыйытыы: «Халыма» федеральнай суол олус мөлтөх туруктаах «Төҥүлү — Чурапчы» учаастагын дьон үҥсүбүтэ ыраатта. Хаһан оҥоруохтарай? Николай Попов, «Дороги Арктики» судаарыстыбаннай тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы (соторутааҥҥа диэри тустаах министиэристибэҕэ үлэлээбит уопутунан кэпсиир): — Чахчы дьон итини эппитэ ыраатта. Магаданскай уобалас «СУ-55» тэрилтэтэ тендери кыайан үлэлии сылдьар. Кинилэр суолу «ресайкинг» диэн технологиянан оҥороллор. Биһиги климаппытыгар технологията сөп түбэспэт курдук. Былырыын «Чурапчы — Кыйы» учаастагы эмиэ хат оҥорбуттара, ол иһин үчүгэй. Кинилэр сүрүн куһаҕаннара диэн, 50 км учаастагы тутар кэмнэригэр, сибилигин ылсыбыт 10 км эрэ дьарыктаналлар, атын 40 км букатын кыһаллыбаттар. Көрүллүбэт суол туруга тута мөлтүүр. Сметаҕа оҥоруу үлэтин кэмигэр суол «содержаниетын» ороскуотун харчыта киирэ сылдьар. Ыйытыы: Ким кинилэри хонтуруоллуохтааҕый? — «Упрдорколыма» федеральнай казеннай тэрилтэ — сүрүн сакаасчыт. Кини хонтуруоллуохтаах, харчы кини нөҥүө барбыта. «Упрдорколыма» ФКТ хонтуората Томпо оройуонун Теплай Ключ бөһүөлэгэр баар. 1 из 24 Сүрүн ыйытыылары сааһылыы тутан суруйар буоллахха маннык. Бу тиэмэ тохтоон хаалбат. «Сахамедиа» суруналыыстара кытыы сир кыһалҕаларын быһаарсарга үлэлэһэргэ бэлэммит. Бүгүн айан суолун ырытыспыт буоллахпытына, аныгыскыга олорор дьиэ-уот туһунан кэпсэтиэхпит. «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрика Саха сирин олохтоохторугар аһаҕас. Ыйытыҥ, этиилэргитин киллэриҥ.